Кылыс – Тапталитет
Ханна бардай кыыһырымтаҕай мин бэйэм
Арай наар үөрэ, харахтарбар эйэ
Тула сырдыыр санаам миэнэ сымныыр
Ыллыы испэр сылдьабын наар аны
Аан дойду атыннык тыынар таптыыр киһиэхэ
Мин иһэбин хоно эйиэхэ бу дьоро киэһээҕэ
Тиэрдибэтпин сыһыаммын тылбынан мин сатаан
Ол иһин уоскун уоспунан уоскута
Сыһыаммыт ситимин мин күөдьүтэбин
Инникибитин холбуохха эн биһи икки
Мантан ордук санаархабыл көрө илик күн сирин
Диир миэхэ сүрэҕим эккирии
Дьиҥнээх таптал бүтпэт симэлийэн быстан
Сүрэх ырыата көлүөнэ ахсын түспэт уостан
Кынаттыа эбэтэр төттөрүтүн тоһутуо
Ол эрэн харах астынарын тохтоппот
Бу маннык турук миэхэ тиийбэтэх эбит
Со5отох кырдьыыны билбэтэх эрэ киһи
Дьол сүүрэр хааным устунан
Эйиигин сыллыы кууһа астына сырыттахпына
Олох киинэҕэ майгынныан сөп эбит
Биһи иннибитинэ маны суруйбута бу кэми
Элбэх да киһи, хатыҥ чараҥ быыһынан сүүрбэтпит даҕаны
Кимнээҕэр да дьоллоохтук сананным
Киэргэтэн ис олохпун салҕыы
Туланы манхата хаар кыдамныыр
Эйиигинниин ханна да хаһан да буолларбын
Сирэйим сырдыыр
Туланы дууһабын дьолунан толоро
Тиийэн кэл эн биир олоҕу олоро
Барыны барытын кыайыам эн тускар
Баҕарбыккын барытын ууруом ытыскар
Кылыс еще тексты
Сейчас смотрят
- Кылыс - Тапталитет
- Coco Rosie - Smokey Taboo [...by Enamoured]
- Darzamat - Pain Collector (Symphonic Black Metal\Gothic metal)
- Janet Jackson - Someone To Call My Lover (All For You) 2001
- Donovan - Colours [Original Single Version]
- прости за то что перешел пределы нашей дружбы.. - Смешная любовь⎷⎛⎝kavabanga ft. kalibri,KALIBRI и KAVABANGA,Макс Корж,МАКС КОРЖ,лето,2013,ДЭПО,KReeD и Полина Булаткина,KReeD ft. Алексей Воробьев,kavabanga...
- ⊹⊱☆⊰⊹Feel the Мusic⊹⊱☆⊰⊹ ID:8724477 - 『✖International Comedy [18+]
- Joseph Gordon-Levitt - You Make My Dreams
- degget - ставка на победу (smart battle, 4r. vs Lexikon)
- Liquicity Yearmix 2015 - (Mixed by Maduk)
Оценка текста
Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 2