Сир үрдүгэр баар саамай кыраһыабай
Алааһы көрдөрбүтүҥ эн миэхэ.
Харахпар хатанна ол чуумпу киэһэ
Былыттар быыстарынан ый устара.
Хос ырыата:
Ол онно хоптолор
Аймана көтөллөр.
Ол онно эн биһи
Көрсүбүппүт.
Умнуом дуо алааһым
Тииттэрдээх сыырдарын,
Хоптолоох биэрэгин,
Эйигин!
Тиийиэм дуо аны ол кэрэ алааспар?
Истиэм дуо аны хопто хаһыытын?
Төннүбэт эдэр саас көмүс күннэрин
Өйдөөн-санаан долгуйан ылыам дуо аны?
Хос ырыата:
Ол онно хоптолор
Аймана көтөллөр.
Ол онно эн биһи
Көрсүбүппүт.
Умнуом дуо алааһым
Тииттэрдээх сыырдарын,
Хоптолоох биэрэгин,
Эйигин умнуом дуо!
Мира Максимова еще тексты
Оценка текста
Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 1